Опубликовано: 08.02.2022
07/02/2022 Мэгэдьэк нэһилиэгэр оройуон балыыһатын терапевт бырааha Васильева Александра Анатольевна,профкабинет фельдшера Гаврильева Лариса Лукинична кэлэн 40 үөһээ саастаахтарга диспансеризация ыытан көрөн бардылар.Киэһэ 6 чааска дылы олохтоох ФАПка кэлбит олохтоохтору көрдүлэр.Нэһилиэктэн тус харыстанар ньымалары СИЗ тутуьан,22 киһи көрдөрдө.Кэлбит дьону барытын үчүгэйдик көрөн,тус ыарыыларыгар болҕомтолоохтук сыһыаннаһан рецепт,сүбэ,режим анаатылар.Олохтоох дьаһалта аатыттан улуус кылаабынай бырааһыгар Павлова Н.Н уонна бүгүн тахсан үлэлээбит терапевт бырааска Васильева А.А,фелдьшергэ Гаврильева Л.Л ,олохтоох ФАП коллективыгар быыс булан кэлэн нэһилиэги көрөн ,истэн диспансеризация ыыппыккытыгар ,нэһилиэк олохтооҕо Агафья Игоревна5а кырдьаҕас ,кыаммат дьону массыынанан таспыккар олохтоох дьаһалта аатыттан махталбытын биллэрэбит. Өрүү да маннык кэлэн кытыы сытар нэһилиэк кыһалҕатын кыччатарга көмөлөһө тураргытыгар ынырабыт! Олохтоох Мэгэдьэк нэһилиэгин дьаһалтата